Саха сиригэр сүрэх-тымыр ыарыытыттан өлүү ахсаана 9,8% кыччаата, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ. Бу Уһук Илин регионнарыгар биир бастыҥ көрдөрүү.
Ол туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эттэ. Өлүү аҕыйааһына систиэмэлээх үлэ түмүгэ диэтилэр.
1 №-дээх өрөспүүбүлүкэ балыыһатын сүрэх-тымыр киинигэр — М. Е. Николаев аатынан медицина киинигэр биир сыл иһигэр 3428 телемедицина консультацията оҥоһулунна, ол иһигэр 63% — суһал эрэһиимҥэ.
Консультация түмүгүнэн, 1072 пациент госпитализацияланна. Маны сэргэ киин сотрудниктара оройуон балыыһаларын уонна тымыр отделениеларын кытта онлайн-көрүүлэри оҥороллор. 11 ый түмүгүнэн, 865 консультация оҥоһулунна.
«ТелеЭКГ» информационнай бырайыак олоххо киириитигэр үлэ барар. Быраастар 27 оройуоҥҥа 7485 ЭКГ-ны интерпретациялаатылар.
Бу үлэ дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа» нацбырайыагынан ыытыллар.