12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Дьокуускай - Аллара Бэстээх муус суолун тохсунньу 5 күнүгэр арыйыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Өлүөнэ эбэни Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан туоруур муус суолу тохсунньу 5 күнүгэр арыйар былааннаахтар. Ол туһунан сэтинньи 21 күнүгэр тырааныспар миниистирин бастакы солбуйааччыта Анатолий Потапов брифиҥҥэ эттэ.

Хатас — Павловскай хайысханан 3 туоннаҕа диэри уйуктаах тырааныспарга муус суол сэтинньи бүтүүтэ арыллар былааннаах. Билигин манна бэлэмниир үлэлэр ыытыллаллар: икки өттүнэн кыдьымах ыраастанар, муус халыҥын эбэллэр.

««Бүлүү» уонна «Халыма» эбэлэргэ алта муус суол баар, онтон түөрдэ Бүлүү эбэҕэ, ахсынньы 1 күнүгэр арыллыахтара. Алдан өрүскэ муус суолу эмиэ ахсынньы 1 күнүттэн арыйар былааннаахпыт», — диэтэ Анатолий Потапов.

Регион суолларыгар кыһыҥҥы суол уопсайа 10 883 км, ол иһигэр 268 км бүгүн массыыналарга аһаҕас.

««Индигир», «Яна», «Муома» уонна «Верхоянье» суоллар бэлэмнэнэллэр. Арктикаҕа үс туоннаҕа диэри уйуктаах техникаларга Дьааҥыга, Усуйаанаҕа, Орто Халымаҕа үлэлии тураллар», — диэтэ салайааччы.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА