Бу күн Арассыыйаҕа реставратор, Казахстааҥҥа домбра, Сингапурга сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ.
1903 сыллаахха бастакы Tour de France («Франция бэлисипиэт туура») саҕаламмыт. Бу аан дойдуга саамай ааттаах-суоллаах бэлисипиэт күрэһэ буолар.
1918 сыллаахха экспедиционнай этэрээт Дьокуускайы ылан, Сэбиэскэй былааһы олохтообут.
1939 сыллаахха Саха сирин суруйааччыларын I сийиэстэрэ саҕаламмыт.
Бу күн саха бастакы идэтийбит бырааһа Прокопий Сокольников, норуот эмчитэ Гурий Турантаев, «Хара сир устун…» диэн тыллартан саҕаланар «Ньургуһуннар» ырыа ааптара Василий Протодьяконов төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Олохтоох бэчээт күнэ. 1907 сыллаахха бэчээттэммит «От ыйын 1 күнэ» диэн бастаах билиҥҥи чинчийээччилэр «Сахатытыы манифеһа» диэн ааттыыр ыстатыйаларыттан силис тардар (билиҥҥи ааҕыынан 1907 сыл от ыйын 14 күнүгэр тахсыбыт).
- Арассыыйа — Реставратор күнэ
- Армения — Прокуратура үлэһиттэрин күнэ.
- Болгария — Джулай, ыччат байҕал кытылыгар мустар күнэ
- Бурунди — Тутулуга суох буолуу күнэ (Бельгияттан 1962 сыллаахха)
- Улуу Британия, Виргин арыылара — Арыылар күннэрэ
- Венгрия — Чунуобунньук уонна судаарыстыба сулууспалааҕын күнэ
- Гана — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Ииндийэ — Быраас күнэ
- Казахстан — Домбра күнэ
- Канаада — Канаада күнэ (урукку аата Доминион күнэ). 1867 сыллаахха Канаада Британия Импиэрийэтиттэн тахсыбакка эрэ бэйэтин бырабыыталыстыбатын бэйэтэ талар буолбут.
- Канаада, Ньюфаундленд — Өйдөбүнньүк күнэ
- Кыргыстаан — Нолуок үлэһитин күнэ
- Кытай — Хомуньуус баартыйа олохтоммут күнэ
- Лесото — Ыал күнэ
- Миэксикэ — Инженер күнэ
- Молдавия — Нолуок сулууспатын күнэ
- Пакистаан — Оҕо көмүскэлин күнэ
- Руанда — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Сингапур — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Сомали — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Суринам — Кети Коти (Көҥүл күнэ)
- Турция — Байыаннай байҕал флотун күнэ
- Украина — Архитектура күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1770 — Лексель кометата Сиргэ чугаһаан, Ыйдааҕар 6 эрэ төгүл ыраахха кэлбит (2,180,000 км). Комета комата (иитэ, саҕата) халлааҥҥа Ыйдааҕар 4 төгүл улахан буолан көстүбүт.
- 1899 — Аан дойду гостиницаларыгар Библияны босхо тарҕатар «Гидеон» диэн тэрилтэ үөскээбит.
- 1903 — Бастакы Tour de France («Франция бэлисипиэт туура») саҕаламмыт. Бу аан дойдуга саамай ааттаах-суоллаах бэлисипиэт күрэһэ буолар.
- 1918 — Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт Дьокуускайы ылан Сэбиэскэй былааһы олохтообут. Үрүҥнэр куорат караулларыгар уонна Преображенскай сыаркапка хорҕойон утарыласпыттар. Кыргыһыыга үрүҥнэртэн 30 киһи, кыһыллартан 7 киһи өлбүт, контрреволюционнай Уобаластааҕы Сэбиэт уонна эсер этэрээттэрэ тыаҕа куоппуттар. Сотору кыһыллар куорат баайдарыгар контрибуция түһэрбиттэр.
- 1939 — Саха сирин суруйааччыларын I сийиэстэрэ саҕаламмыт. 5 хонук мунньахтаабыттар.
- 1948 — Түөрт хонук үлэлээн баран Саха сирин суруйааччыларын II сийиэстэрэ түмүктэммит.
- 1968 — Атомнай сэрии сэбин тарҕаппат буоларга дуогабар түһэрсиллибит. Вашингтоҥҥа, Лондоҥҥа уонна Москубаҕа мустубут 62 дойду бэрэстэбиитэллэрэ илии баттаабыттар.
- 1968 — Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт, Сунтаар Тойбохойугар үйэтин тухары үлэлээбит аатырбыт учууталга Георгий Бессоновка (18.08.1915 — 04.10.2005) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.
- 1991 — Тымныы сэриигэ Европаҕа НАТО блогун утары тэриллибит Варшава Дуогабарын тэрилтэтэ суох буолбут.
- 2008 — Монголияҕа быыбар түмүгүн итэҕэйбэккэ айдаан саҕаламмыт.
- 2009 — Арассыыйаҕа сүүйсүүлээх оонньуулары боппуттар.
- 2013 — Хорватия Европа Сойууһун 28-с чилиэнэ буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1865 — Прокопий Сокольников, саха бастакы идэтийбит бырааһа.
- 1873 — Илья Башарин (1928 өлб.) — суруксут, нэһилиэк кинээһэ. Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» диэн улахан үлэтигэр сирэй аадырыстаабыт биэс киһититтэн биирдэстэрэ буолар.
- 1923 — Бүлүү Баппаҕаайытыгар Иван Николаев, биллиилээх булчут.
- 1929 — Гурий Турантаев, норуот эмчитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Бээрийэ нэҺиэлиэгин Ытык киһитэ.
- 1934 — Василий Протодьяконов, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, литературовед, литэрэтиирэ кириитигэ. Аатырбыт «Хара сир устун…» диэн тыллартан саҕаланар «Ньургуһуннар» ырыа ааптара. Устудьуоннуу сылдьан суруйбута.
- 1936 — Егор Егоров, РФ уонна СӨ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА чилиэнэ, СӨ Илин бириэмийэтин наукаҕа уонна техникаҕа лауреата, экономика дуоктара, профессор.
- 1941 — Елизавета Попова, хуор тэрийээччи, ССРС култууратын туйгуна
- 1943 — Михаил Семенов, П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
- 1951 — Полина Иванова, саха дьахталларыттан бастакы композитор.
Өлбүттэр:
- 1242 — Чаҕатай хаан, монгол баһылыга (1183 төр.). Чыҥыс Хаан уонна Бөртө иккис уоллара. Орто Азия билиҥҥи 5 судаарыстыбатын сирдэрин салайбыта.
- 1977 — Виктор Тихонов (21.12.1908 төр.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.