29 Кулун тутар 29.03
  • -12°
  • $ 92,26
  • 99,71

Орто Халымаҕа Чукровтар бириистэригэр тустуу түһүлгэтэ тардылынна

11:51, 04 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Түһүлгэҕэ улуус 60-ча күүстээх бөҕөһө — Ойуһардаахтан П.Е.Шкулёв, Орто Халыма куораттан С.Г.Ефимов, Эбээхтэн Ф.Ф.Колесов, Сылгы Ыытартан П.Е.Лаптев иитиллээччилэрэ — туһунна. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан Орто Халыма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Азия оҕолоро» фонда стипендиата, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Пётр Шкулёв үлэлээтэ.

Икки күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн:

24 киилэҕэ диэри:ыйааһыҥҥа: 1 — Никита Сыроватскай (Сылгы Ыытар); 2 — Ньургун Слепцов (Эбээх); 3 — Антон Белоногов (Орто Халыма).

27 киилэҕэ: 1 — Роберт Аргунов (Орто Халыма); 2 — Женя Волков (Сылгы Ыытар); 3 — Родион Оконешников (Сылгы Ыытар).

31 киилэҕэ: 1 — Саша Оконешников (Орто Халыма); 2 — Дархан Сыроватскай (Орто Халыма); 3 — Спартак Оконешников (Сылгы Ыытар).

34 киилэҕэ: 1 — Ариан Кокорин (Сылгы Ыытар); 2 — Стас Гуляев (Орто  Халыма); 3 — Алекс Оконешников  (Сылгы Ыытар).

39 киилэҕэ: 1 — Петя Винокуров (Ойуһардаах); 2 — Влад Гуляев (Орто Халыма); 3 — Лиза Жиркова (Сылгы Ыытар).

44 киилэҕэ: 1 — Богдан Оконешников (Орто Халыма); 2 — Эрхан Соловьёв (Орто Халыма); 3 — Айсен Кокорин  (Сылгы Ыытар).

48 киилэҕэ: 1 — Саша Решетников (Сылгы Ыытар); 2 — Эдвард Винокуров (Эбээх); 3 — Вова Анисимов (Орто Халыма).

52 киилэҕэ: 1 — Витя Лаптев (Сылгы Ыытар); 2 — Мирослав Бандеров (Сылгы Ыытар); 3 — Рома Винокуров (Сылгы Ыытар).

56 киилэҕэ: 1 — Андрей Слепцов (Сылгы Ыытар); 2 — Ганя Оконешников (Сылгы Ыытар); 3 — Айтал Кокорин (Сылгы Ыытар).

62 киилэҕэ: 1 — Владик Винокуров (Сылгы Ыытар); 2 — Юлиан Макаров  (Эбээх); 3 — Марк Дьячков (Сылгы Ыытар).

66 киилэҕэ: 1 — Алёша Волков (Сылгы Ыытар); 2 — Артём Оконешников (Ойуһардаах); 3 — Алёша Горохов (Ойуһардаах).

66 киилэттэн үөһээ: 1 — Саша Винокуров (Сылгы Ыытар); 2 — Коля Максимов (Сылгы Ыытар); 3 — Гриша Пудов (Ойуһардаах).

Хамаанданан: 1 — Сылгы Ыытар бөһүөлэгэ (тренер П.Е.Лаптев); 2 — Орто Халыма (тренер С.Г.Ефимов), 3 — Ойуһардаах (тренер П.Е.Шкулёв); 4 — Эбээх (тренер Ф.Ф.Колесов). Онон кубок олохтоох оскуола хамаандатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.

Маны таһынан дьүүллүүр бөлөх быhаарыытынан анал бириистэр туттарылыннылар: «Кыраhыабай быраҕыы» — Андрей Слепцов (Сылгы  Ыытар); «Кэскиллээх тустуук» —  Ньургун Слепцов (Эбээх); «Бастыҥ техникалаах тустуук» — Алёша Волков (Сылгы Ыытар); «Саамай эдэр тустуук» — Тимур Кокорин (Орто Халыма).

Онтон көрөөччүнү ордук умсугутар, сэргэхситэр халбас харата хапсаҕайга күрэс саҕаланна. Уолан уолаттарбыт, дьэ кырдьык, сылайбат сындааhын сырата баар буоларын көрдөрөн итэҕэттилэр, астыннардылар. Түмүккэ: 34 киилэҕэ диэри Стас Гуляев (Орто Халыма) уонна 34 киилэттэн үөһээ Алёша Волков (Сылгы Ыытар) муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылан чааһынай предприниматель Маргарита Иннокентьевна Дурнева уонна дьахтар кэмитиэтин салайааччы Александра Гавриловна Антипина туруорбут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Түгэнинэн туhанан, Чукровтар дьиэ кэргэттэригэр, олохтоох дьаhалтаҕа, бары тэрилтэлэргэ, бэтэрээн спортсменнарга, биирдиилээн спонсордарга кэлэр көлүөнэ эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларын туhугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэригэр А.Н.Явловскай аатынан оскуола кэлэктиибин аатыттан сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА