Россия культураҕа Академиятын Уһук Илин регионнааҕы культура уонна искусство научнай-методическай киинин президиумун быһаарыытынан РФ Уһук Илин регионугар “Төрөөбүт дойдубут сарсыардата” (’’Утро Родины”) диэн регионнар икки ардыларынааҕы кэтэхтэн бастакы айар күрэһи тэрийэн ыытта.
Фестиваль эмблематынан — күөх көтөр буолла. Бу көтөр Россия Уһук Илин регионун төрүт норуоттара сүгүрүйэр ытык көтөрдөрө. Духуобунаска сүгүрүйүү бэлиэтин быһыытынан сыаналыахха сөп. Күрэс сүрүн сыалынан — Уһук Илин федеральнай регион оҕо-ыччат айар коллективтарын түмүү, бастыҥ коллективтары кииннээһин буолла. Сүрүн соруктарынан талааннаах оҕолору идэҕэ туһаайыы, национальнай культураны харыстааһын, сөргүтүү, сайыннарыы.
Биһиги улууспут, республикабыт киэн туттуута оҕо образцовай, үтүөлээх “Кэнчээри” ансаамбыла “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон операны вокальнай-хореографическай дьүһүйүүнэн кыттан вокалга, үҥкүүгэ иккиэннэригэр бастаан саамай үрдүк баалы ылла. Онон оҕолорбут бастакы миэстэҕэ тахсан, опера курдук уустук жанр үрдүк чыпчаалын саха оҕотун толоруутунан дакаастаатылар.
Күрэскэ Уһук Илин регион киэҥ сирин-уотун кыраайдарыттан, уобаластарыттан түмүллэн кытыннылар. Магадан, Сахалин уобаластарын, Еврейскай АО, Хабаровскай, Приморскай кыраайдарын, Саха республикатын талааннаах оҕолоруттан сүүмэрдээһин оҥоһуллан, кыайыылаахтар ааттаннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Уhyк Илин искусствоҕа Академиятын кафедратын сэбиэдиссэйэ В.Е.Волкогонова, Тихоокеанскай флот ырыаҕа, пляскаҕа ансаамбылын солистката А.В.Вазерова, Уһук Илин федеральнай университет профессора, РФ үтүөлээх артыыһа Н.В.Ляхов, циркаҕа киинин уус-уран салайааччыта О.В.Лазутина, бэрэссэдээтэлинэн Россия культураҕа Академиятын Уhyк Илин регионнааҕы культура уонна искусство научнай-методическай киинин президумун председателэ, Казахстан республикатын үтүөлээх артыыһа, профессор В.В.Пятин үлэлээтилэр.