29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Юрий Трутнев: Саха сирэ айти-технологияҕа бастыҥ

13:03, 19 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ — РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бэҕэһээ Дьокуускай технопааркатыгар сылдьан үрдүкү технологияҕа үлэһэр хампаанньалары кытары көрүстэ. Ил Дархан Айсен Николаевы, бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытары бу эйгэҕэ мунньах ыытта.

“Саха сирэ бу хайысхаҕа айти-технологияҕа, технопааркалары тэрийиигэ, аан дойду таһымыгар тахсыбыт хампаанньаларынан Уһук Илин эрэгийиэннэргэ лидер быһыытынан биллэр. Уһук Илин эрэгйиэннэригэр үрдүкү технологияҕа үлэлэһэр хампаанньалар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын атыыга тахсыытыттан Саха сирэ 85 % ылар. Ити, мин санаабар, улахан көрдөрүү”, – диэн бэлиэтиир кини мунньах түмүгүнэн суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр.

Вице-премьер технопааркаҕа сылдьан резиденнэри кытары кэпсэтэн, туох ханнык бырайыакка үлэлэһэ сылдьалларын билистэ. Санатан эттэххэ, бу эйгэҕэ билигин 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Кэнэҕэскитин Саха сирэ үрдүкү технологияҕа 10 тыһыынчаҕа диэри үлэ миэстэтин таһаарыахтаах.

Технопааркаҕа сылдьан резиденнэри кытары кэпсэттибит. Кинилэр араас хайысханан үлэлии сылдьалларыттан тус бэйэм үөрдүм. Холобур, доруобуйа харыстабылыгар коронавирус ыарыыттан сэбиргэхтэтиини түргэнник билэр бырагыраама оҥоһуллубута кэрэхсэбиллээх. Биотехнологияҕа анаммыт олус интэриэһинэй бырайыак баар. “Майтона” хампаанньа саҥа оонньуулары таһаарыыга эмиэ күүскэ үлэлэһэр. Уопсай ылан эттэххэ, Саха сиригэр киһи өйүнэн оҥорон таһаарар эйгэтэ баар буолбут. Онон Арассыыйаҕа үрдүкү технология сайдыытыгар Саха сирэ улахан кылаатын киллэрсэр, – диэн бэлиэтиир кини.

Аграфена КУЗЬМИНА  edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА