Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн Нерюнгри оройуонун Иенгра нэһилиэгэр Глафира Василевич аатынан түөрт этээстээх интернат-оскуола дьиэтигэр хапытаанай өрөмүөн ыытарга 52 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрбиттэринэн, өрөмүөн үлэтэ үөрэх сыла саҕаланыан иннинэ түмүктэниэхтээх.
Тыа сирин интернат- оскуолата 2001 сыллаахха тутуллубут. Объект уопсай иэнэ түөрт тыһыынча квадратнай миэтэрэни куоһарар, оттон үөрэх тэрилтэтэ 288 киһиэхэ тиийэр кыахтаах. Дьиэ 27 үөрэх кылаастаах. Ол көрүллүбүт үп суотугар хоруобуйатын, спорт саалатын, ититэр, уунан хааччыйар уонна канализация ситимин өрөмүөннүүр былааннаахтар, ону тэҥэ түннүктэр, ааннар солбуллуохтара. Маны таһынан кылаас кабинеттарын эмиэ бэрээдэктиэхтэрэ, тупсарыахтара.
Санатан эттэххэ, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ 26 муниципальнай тэриллиилэригэр 57 оскуолаларга хапытаанай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Бу үлэлэргэ 2,6 млрд солк. кэриҥэ үп көрүллүөхтээх.