Саха сирин былааһын соруга – коронавируһу бохсуу. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» телеханаалга быһа эфиргэ эттэ.
«Саха сиригэр, дойдуга барытыгар курдук, коронавирус балаһыанньата уустук. Алтынньы 6 күнүттэн саҕалаан күн аайы сүүстэн тахса киһи ыалдьара бэлиэтэнэр. Бүгүн, холобур — 122 киһи. Бу кэмҥэ барыта 10 729 ыарыйда, онтон алта тыһыынчаттан тахса ыарыһах үтүөрдэ», —диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирин баһылыга эппитинэн, билигин сорук – дьаҥ тарҕаныытын бохсуу уонна балаһыанньаны тупсарыы буолар.