«ЛОРП» тэрилтэ Өлүөнэ эбэнэн Жатай — Төхтүр хайысханан массыыналары туоратыыны салгыы ыытар. Муус суол арыллыар диэри үлэлиир былааннаахтарын иһитиннэрдилэр.
«Тиэйиигэ-таһыыга икки буксир дьуһуурустубалыыр. Састаап күүһүрдүлүннэ. Суудуналарга уопуттаах капитаннар үлэлииллэр», — диэтэ тырааныспар миниистирин солбуйааччыта Семен Коркин.
Жатай өттүттэн 150 массыына, Төхтүртэн 100-чэкэ туоруурга бэлэм тураллар. Икки кытылга тырааныспар полицията уонна Госавтоинспекция сотрудниктара дьуһуурустубалыыллар.