22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыччат миниистирэ: “Ылыммыт сорукпутун ситиһэргэ түмсүүлээх буолуоҕуҥ”

09:44, 27 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күн СӨ ыччат политикатыгар миниистирэ Афанасий Владимиров ыалдьыттаан сүбэ-соргу тыллары эттэ, “төгүрүк остуолга” ыччаттар ыйытыыларыгар хоруйдаата.
“Улуустарга сылдьан биир идэлээхтэрбитин кытта көрсүһэн, үлэбитин-хамнаспытын, туох ситиһиилээхпитин ырытыһан кэпсэтэбит. Бу күннэргэ Чурапчынан, Амманан, Өймөкөөнүнэн, Ленскэйинэн сырыттыбыт. Быйыл Амма улууһугар Ыччат сылын биллэрэн үөртүлэр. Республикаҕа туруоруллар сыал-сорук үгүс. СР Ил Дархана Егор Борисов Тупсаран оҥоруу сылыгар үлэлэһэрбитигэр ыҥырар, тыһыынча ыччаты тутар этэрээттэргэ түмэн нэһилиэктэргэ ыытар былааннаахпыт. Аны сайын ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга 2000 волонтеру түмүөхтээхпит. Россияҕа Киинэ сыла биллэриллибитинэн, былааммыт эмиэ элбэх. Ыччакка, дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт иитэр-үөрэтэр соруктаах киинэлэри сакаастаан уһултарыахпыт. Мин санаабар, ыччакка болҕомтону уурар баһылык баар буоллаҕына, ол нэһилиэк кэскиллээх буолар. Эһиги биир бастакынан “Баһылык этэрээтин” тэриммиккит хайҕаллаах. Ааспыт сайын Ыччат ыһыаҕар тэрээһиннээхтик кыттан, кыайыыны ситиһэн атын улуустарга холобур буолбуккут. Онон Россияҕа кэлбит кризиһи аахсыбакка, ылыммыт сорукпутун ситиһэргэ түмсүүлээх буолуоҕуҥ, алтыһыаҕыҥ диэн ыҥырабын”, ‒ диэтэ.
Миниистиртэн Аллараа Бэстээхтээҕи транспорт техникумун директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы, улуус баһылыгын этэрээтин салайааччы Владислав Хабаров, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын лидерэ Андрей Антонов, ыччат, дьиэ кэргэн управлениетын специалиһа Зоя Сергучева, Чыамайыкыттан Федор Белолюбскай, Табаҕа нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа Юрий Порядин интэриэһиргиир боппуроустарын ыйыталастылар. Онуоха Афанасий Семенович чопчу эппиэттэри биэрдэ. “Тутар этэрээттэри нэһилиэктэргэ тэрийэн икки сыл үлэлэттибит. Нэһилиэктэртэн сайаапкалар киирэн эрэллэр, сөбүлэһиигэ илии баттаһыахпыт. Сүүрбэлии ыччаты 50 нэһилиэккэ ыытыахтаахпыт. Хомойуох иһин, сорох нэһилиэктэргэ олорор усулуобуйаны тэрийбэккэлэр, өйдөспөт быһыы тахсыбыта. Нэһилиэккитигэр бэйэҕит эмиэ тэриниэххитин сөп. “Дальнай Востоктааҕы гектар” сокуон сүпсүлгэнинэн сибээстээн кадастровай үлэни-хамнаһы ыытарга илии-атах буолар бэлэмнээх ыччаты эмиэ ыытарга былаанныыбыт. Транспорт техникумугар уонна Төҥүлүтээҕи профлицейгэ штаб тэринэн үлэ биэрэр тэрилтэлэри кытта үлэлэһиҥ. Өрөспүүбүлүкэҕэ Тупсаран оҥоруу сылыгар анаан 2 миллиард, ол иһигэр тутар этэрээттэргэ 41 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Ыраах барар этэрээттэргэ айаннарын ороскуотун, биирдии үлэһиккэ 25000 солкуобай кэриҥэ ыйдааҕы хамнаһы төлөһүөхпүт. Эһиги эмиэ тэринэн өрөспүүбүлүкэттэн хамнастанан, улуускутугар эбэтэр атын улууска тиийэн тутууга үлэлиэххитин сөп”, ‒ диэтэ.
Төҥүлүгэ ыччат специалиһа Алиса Куприянова улууска да, нэһилиэктэргэ да ыччат түмсүүлэрэ көхтөөхтүк үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. Быйыл нэһилиэккэ ыччат хамсааһыныгар 110 тыһыынча солкуобай тыырыллыбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА