«Яна» уонна «Умнас» айан суолларын өрөмүөнэ бүтэн эрэр

НВК САХА — «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Яна» уонна «Умнас» айан суолларыгар 4 учаастакка өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Бу туһунан Саха сирин айан суоллун управлениета иһитиннэнэр.


«Умнас» айан суолун 66-с килэмиэтирин оҥорор үлэ бүтэрэ чугаһаата. Суолу бэлиэтииллэрэ уонна айан быраабылаларын бэлиэлэрин туруораллара хаалла. 100 % асфальт бүрүөһүнүн уларыттылар.

92-с килэмиэтирдээх учаастакка суол кытыытын бөҕөргөтүү, сытыары суол линияларын бэлиэтээһин уонна мэһэй хаххатын оҥоруу үлэтэ барар.

«Яна» айан суолун 0+000 км. – 10+180 км. учаастагар суол бүрүһүөнүн тэлгээһинэ хаалла. Ууну аһардар турбалары туруоруу уонна сир кырсын оҥоруу толору түмүктэннилэр.

Хаалбыт суоллары 2019 сыл алтынньы — сэтинньи ыйдарыгар бүтэриэхтэрэ.

This post was published on 12.09.2019 14:34 14:34