СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрэ реабилитация ааһаллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо реабилитациятын киинигэр СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрин 228 чилиэнэ, ол иһигэр 141 оҕо сырытта. Ол туһунан киин дириэктэрэ Зинаида Максимова кэпсээтэ.

«Кииҥҥэ оҕо сайдыытын биир кэлим диагностиката тэриллэр, ол түмүгүнэн тустаах бырагыраама оҥоһуллар — реабилитация маршрута. Төрөппүттэри кытта кэпсэтиилэр уонна консультациялар буолаллар», – диэтэ Зинаида Максимова.

Манна физиотерапия, массаж, эмтиир физкультура кабинеттара бааллар. Оҕолору кытта дефектологтар, логопедтар үлэлииллэр, ритмика, музыкальнай стимуляция, арт-терапия, гарденотерапия ньымалара туттуллаллар.

«Бырагыраамаҕа социальнай-культурнай мероприятиелар киирэллэр, ол иһигэр куонкурустар, маастар-кылаастар. Быйыл Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларыгар анаммыт олус элбэх тэрээһин баар. Психологтар үлэлииллэр», — диэтэ салайааччы.

This post was published on 02.05.2024 17:01 17:01