Уус Алдан улууһугар суола-ииһэ суох ыраах нэһилиэккэ быйыл бастакы бөртөлүөт тиийдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Чэппиэргэ, ыам ыйын 2 күнүгэр, Уус Алдан Түүлээҕэр быйылгы дьылга бастакы бөртөлүөт олордо. Көтүүлэри суол суох кэмигэр оҥордулар.

Бу ыйга үс рейс оҥоһуллара былааннанар, суруйда «Мүрү Саһарҕата» хаһыат.

Суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа бөртөлүөт бастакы рейсинэн Дьокуускайтан 17 улахан киһи уонна үс оҕо кэллэ, ол иһигэр иккитэ саҥа күн сирин көрбүттэр. Өссө икки пассажир оройуон кииниттэн Бороҕонтон олорсубуттар.

Төннөрүгэр Дьокуускайга диэри икки улахан айанньыт уонна Бороҕоҥҥо диэри — үс киһи барсыбыт.

This post was published on 02.05.2024 15:37 15:37