Саха сиригэр икки муус суол үлэлиир

Хаартыска: ЯСИа саайта

Ыам ыйын 2 күнүгэр Саха сиригэр Эдьигээн оройуонугар Стрекаловка үрэҕин туоруур муус суолу саптылар, Эдьигээн — Аэропорт хайысханан.

Онон, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ икки муус суол үлэлиир, суруйда «ГУ МЧС РФ по Якутии» тэрилтэ.

Муус суоллар Өлөөҥҥө уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар: Өлөөн — Харыйалаах хайысханан Өлөөн өрүһү туоруурга 30 туоннаҕа диэри уонна Зырянка – Затон хайысханан Ясачнай үрэҕи туоруурга 5 туоннаҕа диэри техникаҕа көҥүл.

This post was published on 02.05.2024 16:01 16:01