Ыам ыйын 14 күнэ. 1835 сыллаахха А.С. Пушкин «Балыксыт уонна балык туһунан остуоруйата» күн сирин көрбүтэ. «Библиотека для чтения» сурунаалга бэчээттэммитэ. Рукопиһыгар «18 песнь сербская» диэн бэлиэтээһин баар. Ити аата Пушкин остуоруйаны «Песни западных славян» састаабыгар киллэрэр баҕалааҕа. Билигин «самоизоляция» кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай бибилэтиэкэ электроннай таһаарыытын https://e.nlrs.ru/ саайка киирэн ааҕыахха сөп. Ааҕааччы ахсаана эбиллибитин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ эттилэр.
🔹1743 — Саха сирин бойобуодата буола сылдьыбыт Дмитрий Павлуцкай чукчалары хам баттыы сылдьан кинилэр илиилэриттэн өлбүт.
🔹1811 — Парагвай тутулуга суох буолбут.
🔹1749 — Британия эмчитэ Эдуард Дженнер аан бастакынан хара уоспа утары быһыы оҥорбут.
🔹1900 — Парижка Иккис Олимпиада саҕаламмыт.
🔹1920 — РСФСР бырабыыталыстыбата Уһук Илин өрөспүүбүлүкэтин билиммит. Бу өрөспүүбүлүкэ киинэ Верхнеудинскай куорат этэ (билигин Улан-Удэ).
🔹1922 — Башкортостаан киинэ Стерлитамактан Уфа куоракка көһөрүллүбүт.
🔹1955 — ССРС, Албания, Болгария, Венгрия, ГДР, Польша, Румыния уонна Чехословакия Варшава сөбүлэҥэр илии баттаабыттар.
🔹1971 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ график худуоһунньук Валериан Васильевка анаммыт.
🔹1972 — Литваҕа Каунас куоракка Роман Каланта диэн эдэр киһи дойдутун оккупациялааһыны утаран бэйэтин уматыммыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1927 — Сунтаар Элгээйитигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин 2000 — 2008 сылларга бэрэстээтэлэ, уруккута тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирдии сылдьыбыт Николай Шадринов.
🔸1956 — Чурапчы Хайахсытыгар Тарас Тарасов — Өр кэмҥэ Саха араадьыйатын салайбыт суруналыыс. Кэлин Тускул диэн аатынан халлааны билгэлииринэн биллэр.
Өлбүттэр:
🔹2004 — Үөһээ Бүлүү Оҥхойуттан төрүттээх Симон Федотов (01.04.1939 төр.) — Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх артыыһа.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Валериан_Романович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_14
https://sah.wikipedia.org/wiki/Шадринов_Николай_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Павлуцкай_Дмитрий_Иванович