РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ, кулун тутар 2 күнүгэр, “Уһуйааччы оскуолата” диэн пилотнай бырайыак чэрчитинэн ыыппыт мунньаҕар Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылын арыйда. Олунньу бүтүүтэ бу сылга туһуламмыт анал былааны РФ бырабыыталыстыбата бигэргэппитэ диэн, Саха сирэ суруйар.
Владимир Путин Педагог уонна уһуйааччы сылын ыытыы дойдуга улахан суолталааҕын, бу сылга учууталларга, педагогтарга, тириэньэрдэргэ туһуламмыт үгүс үлэ ыытыллыаҕын, ону таһынан уопсастыбаҕа кинилэр үлэлэрин билиһиннэрии, кэпсээһин күүскэ барыаҕын, манна ордук дойдуга бэриниилээх буолууга болҕомто ууруллуоҕун туһунан эттэ.
— Биһиэхэ үөрэх систиэмэтэ урут-уруккуттан дойдуга бэриниилээх буолууну кытары ыкса сибээстээх. Оҕо кыра эрдэҕиттэн дойдутугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһа, кыаммакка, кыраҕа көмөлөһө, эппиэтинэстээх буола улаатар. Ити биһиги улуу педагогтарбыт Макаренко, Сухомлинскай да үлэлэригэр көстөр. Ылан көрүҥ, Аҕа дойду сэриитигэр учууталлар иитиллээччилэрин кытары собуоттары, тэрилтэлэри бэйэлэрин кыһыл илиилэринэн хайдахтаах курдук атахтарыгар туруорбуттарын. Уһуйааччылар санааларын күүһүнэн үөрэнээччилэрин хайдахтаах курдук үрдүккэ кынаттаабыттарай? Билигин да биһиги бу үтүө үгэспит көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн баран иһэр. Онуоха билигин үлэлии сылдьар учууталлар, уһуйааччылар улахан оруолу ылаллар, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн үөрэтии, уһуйуу хаһан баҕарар кэлэр кэнчээри ыччаты кытары ыкса сибээстээҕин бэлиэтээн туран, Арассыыйа бэйэтин үөрэҕин систиэмэтигэр улахан болҕомтону ууруохха наадатын эттэ.
— Биһиги дойдубут үөрэххэ үйэлэри уҥуордаабыт улахан баай историялаах. Онно олоҕуран уонна учууталлар, уһуйааччылар уопуттарыгар, аныгы үйэ технологиятыгар тирэҕирэн биһиги оскуолаттан саҕалаан орто, үрдүк үөрэхтэргэ тиийэ бэйэлээх бэйэбит систиэмэбитин салгыы сайыннаран иһиэхпит. Ол иһигэр оскуолалары саҥардыы, аныгы үйэ оборудованиеларынан хааччыйыы барыаҕа. Педагогическэй үрдүк үөрэхтэргэ, университеттарга, наука кииннэригэр уһуйааччы хамсааһынын күүскэ өйүөхпүт. Педагог, уһуйааччы хас биирдии үөрэнээччини кытары атах тэпсэн олорон үлэлэһэрэ, үөрэтэрэ наада. Ити үөрэххэ да, оҥорон таһаарыыга да, наукаҕа да, олохпут бары хайысхатыгар да барытыгар сыһыаннаах. Уһуйааччылар, эһиги үлэҕитигэр, уопуккутугар билигин дойду хаһааҥҥытааҕар да наадыйан олорор, — диэн этэр бэрэсидьиэн.
Мунньах түмүгэр Владимир Путин быйыл балаҕан ыйыттан нуучча тылыгар, литературатыгар, географияҕа, обществознаниеҕа, историяҕа биир кэлим федеральнай бырагыраама киириэҕин туһунан иһитиннэрдэ. Кэлиҥҥи сылларга тэриллибит ыччат хамсааһыннарын, куонкурустарын, эдэр дьон көҕүлээһиннэрин өйөөһүн барыаҕа. Ону таһынан, бэрэсидьиэн этиитинэн, үөрэх, наука чэрчитинэн тас дойдулары кытары үлэлэһии күүскэ барыаҕа.
Ааптар: Аграфена Кузьмина, Саха сирэ