Владимир Путин БКЭ-ни туттарыыны бэс ыйын 29 күнүгэр саҕалыыры эттэ

Россия Президенэ Владимир Путин 2020 сылга оскуоланы бүтэрээччилэргэ Биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни бэс ыйын 29 күнүгэр саҕалыыры эттэ, суруйар РБК.


«Коронавирус эпидемията кыччаан иһэринэн, Биир кэлим эксээмэни дойду үрдүнэн ыытары сөптөөҕүнэн ааҕабын. Эксээмэннэр бэс ыйын 29 күнүгэр саҕаланыахтара», — диэтэ Владимир Путин үөрэх эйгэтин балаһыанньатын туһунан ВКС мунньахха.

Президент бэлиэтээбитинэн, оскуолалар оҕолор БКЭ-ҥэ бэлэмнэнэллэригэр дистанционнай эрэһиимҥэ көмөлөһүөхтээхтэр. Кини, итини сэргэ, быйылгы эксээмэни үрдүк эрэ үөрэххэ киирээччилэр туттаралларын санатта.

This post was published on 22.05.2020 11:02 11:02