Хой ♈️
Олус айманыма, эн туруккун элбэх дьон билэрэ наадата суох
Оҕус ♉️
Баҕа санааҕын ситиэҥ ыраах, ону ситиһэргэ элбэх сыраны көрсүөҥ
Игирэлэр ♊️
Туох барыта төттөрү төннөр — үтүө үтүөнэн, мөкү мөкүнэн
Рак ♋️
Ахтар-саныыр киһигэр билинэр ордук, искэр тута сылдьыма
Хахай ♌️
Хас да төгүл этэллэрин өйдөөн истибэккин, бэйэҥ эйгэҕэр сылдьаҕын
Кыыс ♍️
Эн уйулҕаҕын аймыылларын баҕарбаккын, ол туһугар тугу баҕар гыныаххын сөп
Ыйааһын ♎️
Дьиэ үлэтэ бөҕөтө мунньуллубут, арыый хомуна түһэр мэһэйдиэ суоҕа
Скорпион♏️
Эйигин таптыыр олус судургу, эн тапталгын ситиһэр уустук
Охчут ♐️
Хас биирдии киһи алҕаһыыр кэмнээх, ону өйдүөх тустааххын
Чубуку ♑️
Эйигин холобур оҥостоллор, эйигиттэн санаалара көтөҕүллэр
Күрүлгэн ♒️
Эн олоххор сүрүн миэстэни ылар дьону кытары көрсүһэр түгэн үөскүө
Балыктар ♓️
Өр кэмҥэ тууйулла-хаайылла сылдьыбыт санааҕын аһаҕастык эт.
Аһаҕас источниктартан.
This post was published on 03.05.2024 09:01 09:01