22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Улуустарга искэн ыарыытын чинчийэллэр

10:16, 11 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2020 сылга онкологическай сулууспа үлэһиттэрэ улуустарга сылдьан, нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөллөр, сүбэлэри оҥороллор диэн СИА суруйар. 


Тохсунньуга Нам, Абый, Таатта, Чурапчы улуустарын хаптылар. Биригээдэҕэ онкологтар, диагностика сулууспатын быраастара бааллар. Онкоцитологияҕа уонна да атын ыарыылары билиигэ анаалыстары ылаллар, УЗД-чинчийиини ыыталлар.

Киин балыыһа быраастарыгар методическай көмө оҥороллор.

Чинчийии түмүгүнэн балыыһаларга түмүктэр тириэрдиллэллэр. Оттон искэн ыарыыта баар сибикитэ биллибиттэри Дьокуускайга онкодиспансерга салгыы эмтэнэллэригэр ыҥырыахтара.

Былаан быһыытынан быйыл ыарахан суоллаах-иистээх улуустары кэрийиэхтэрэ — Эбээн-Бытантай,  Усуйаана,  Булуҥ,  Аллараа Халыма,  Өлөөн,  Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн,  Аллайыаха,  Анаабыр,  Дьааҥы, Орто Халыма.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА