22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тыал күүһүнэн үлэлиир паарка алтынньыттан үлэлиэҕэ

14:31, 16 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыал күүһүнэн үлэлиир үс установканы Дьокуускайга Японияттан аҕаланнар, бу күннэргэ уу суолунан Тиксиигэ илдьиэхтэрэ.

edersaas.ru

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников иһитиннэрбитинэн, саҥа станция электроэнергиянан хааччыйан,  сыаналаах уматыгы тиэйэн аҕалыы кээмэйэ аҕыйыахтаах.
Тыал күүһүнэн үлэлиир установкалар башнялара 40 миэтэрэ үрдүктээхтэр.
Станцияны  кэлэр ыйтан таҥан барыахтара. Былаан быһыытынан, алтынньыга  үлэҕэ киириэхтээх.

Бырайыак Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, «Русгидро» ПАУо уонна  «Комаихалтек Инк.», НЭДО японскай хампаанньалары кытары түһэрсиллибит сөбүлэһиигэ олоҕуран ыытыллар.

Сөргүтүллэр энергетиканы олоххо киллэрии уустук суоллаах-иистээх дойдуга дизельнэй уматыгы тиэйиини намтатыаҕа.

Биһ. корр., edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар