Дьокуускай куорат уонна Тулагы-Киллэм дьаһалталара уу таһыма эмискэ үрдүөн сөбүн туһунан сэрэттилэр.
“Ыам ыйын 17 күнүгэр Табаҕа тумуһун оройуонугар муус хамсаабытынан, чугастааҕы сууккаҕа уу таһыма эмискэ үрдүүрэ күүтүллэр. Нэһилиэнньэ сэрэхтээх буолуон наада”, — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
СИА.