Хой♈
Билигин тус бэйэ олоххор болҕомто ууруоххун наада. Ол онно бэйэҥ сүрэҕин аҥарын кытта аһаҕастык кэпсэтиҥ
Оҕус♉
Тус олоххутун умнумаҥ, романтиканы киллэриҥ. Улахан дьыалалары ылсыбат ордук, эппиэтинэстэн куотарга кыһаллыҥ — эһиги наадата суох малларга наһаа элбэх харчыны ороскуоттуур кутталлааххыт
Игирэлэр♊
Таптал уонна романтическай быһылааннарга сөптөөх күн. Ол түмүгэр иэйиини сөргүтүүгүт күүһүрүөн наада. Эбии дохуот ыларга саҥа идеялар үөскүүллэр
Рак♋
Өскөтүн эн баччааҥҥа диэри иккис аҥааргын булбакка сылдьар буоллаххына, бүгүн итини тосту уларытар кыах баар
Хахай♌
Бүгүн эһигини романтическай көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Кылгас уоппуска тэрийэн үчүгэй киэһэни атаарыҥ. Ыарахан уонна сыалаах астан туттунуҥ
Кыыс♍
Тапталга аһаҕас уонна өйдөөх буоларга кыһаллыҥ. Үгүстүк эһиги бэйэҕититтэн кыһалларга күһэллиэххитин сөп
Ыйааһын♎
Бу күн иккис аҥаарыгар аҕам саастаахтары уонна оҕолору кытта алтыһыҥ. Чугас кыһамньыгытын, тапталгытын анааҥ. Кинилэр хардарыта эппиэттэһиэхтэрэ
Скорпион♏
Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн билиҥҥи дьыалалары судургутутуҥ. Бу киэһэ тапталлаах иирээнтэн бытаарыы, мунаахсыйыы тахсыан сөп
Охчут♐
Күндү тапталлаах киһигэр, кэргэңңэр эйэ-дэмнээх буолун, бэлэхтэ уунуҥ. Саҥа билсиһии олохтуурга үчүгэй кэм
Чубуку♑
Бүгүн дьон сүбэтин истиҥ уонна ылыныҥ. Итини сөпкө туһанар кыахтааххыт, тоҕо диэтэххэ билигин интуицияҕыт сытыырхайан сылдьар кэмэ
Күрүлгэн ♒
Улахан таптал күүтэр. Туох да суолтата суох дьыалаҕа төбөҕүтүнэн умса түһүмэҥ, дьоһуннааҕы ылсар ордук эрэллээх буолуоҕа
Балыктар♓
Бүгүн эһиги тус олоххутугар уларыйыы күүтэр. Биир миэстэҕэ тэпсэҥнии турумаҥ — үлэлээҥ. Оннук буолбатаҕына, олоххутун, барытын, тапталгытын сүтэриэххитин сөп.
Аһаҕас источниктан.