От ыйын 19 күнүгэр 10 чаас 4 мүн. Россия ИДьМ Томпо улууһунааҕы салаатын дьуһуурунай чааһыгар «Халыма» федеральнай массыына суолугар Хаандыга бөһүөлэгиттэн 5 км сиргэ массыына саахала тахсыбытын туһунан биллэрии киирбитэ.
Сарсыарда 10 ч. автоскрепер суоппара 31 саастаах Курочкин А.В. туора суолтан «Халыма» федеральнай массыына суолугар тахсарыгар «Тойота-Хайс» массыынанан айаннаан испит 53 саастаах Мярин Н.П. кытта кэтиллэллэр.
Массыына саахалыгар эмсэҕэлээбит Мярин уонна кини 82 саастаах ийэтэ киин балыыһаҕа киирдилэр. Хирургическай салаа сэбиэдиссэйэ Дмитрий Сокольников этэринэн, кинилэр орто эчэйиилэри ылбыттар. Мярин доргуйуулардаах. Ийэтэ төбөтүн тириитин хайа түспүт.
Николай Мярин Саһыл нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиир. Массыынаны ыытар ыстааһа 23 сыл. Массыыната саахал иннинэ туох да техническэй итэҕэһэ, алдьаныыта суох сылдьыбыта биллэр. Быһылаан түмүгэр массыына инннин өттө бүтүннүү үлтү анньылынна.
Автоскрепер суоппара Курочкин Хаандыга бөһүөлэгэр олорор, суолу оҥорор 135 №дээх ДЭП АУо үлэлиир. «Д» категориянан үлэлээбитэ 9 сыл буолла. Кини саахалга эчэйиини ылбата.
Быйыл сайын 135 №-дээх ДЭП АУо үлэһиттэрэ Хаандыга – Кэскил икки ардыгар суол учаастагын өрөмүөннүү сылдьаллар. Курочкин кумахтаах тааһы тиэнэн суолга таһааран испит, ол кэмҥэ массыына кэтиллибит. Суһал көмө үлэһиттэрэ кэлэн массыынаҕа айаннаан испит дьоҥҥо көмөлөстүлэр.
Саахал тахсыбыт сиригэр ГИБДД начальнига майор Максим Разин, инспектордар старшай лейтенант Роман Тарабукин, лейтенант Сергей Геленкенов бара сырыттылар. «Быһылаан буолбут сиригэр суол туох да түһүүтэ-тахсыыта суох, 8 м кэтиттээх. Уҥа уонна хаҥас диэки кутталлаах эргиирдэр баалларын туһунан бэлиэлэр чугас-чугас анньыллан тураллар. Халлаан былыттаах эрээри быһылаан сырдыкка буолла. ЫБМ үлэһиттэрэ 10 ч. 12 мүн., суһал көмө массыыната 10 ч. 20 мүн. тиийбиттэрэ. Саахал суоппар Курочкин ааһан иһэр массыынаҕа суолга үчүгэйдик туораан биэрбэтэҕиттэн уонна суоппар Мярин суол уонна халлаан туругун учуоттаабакка түргэнник айаннаан испититтэн таҕыста. Административнай силиэстийэ саҕаланна», — диир ГИБДД начальнига майор Максим Разин.