22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Тохсунньу 9 күнэ. 2007 сыллаахха Стив Джобс бастакы iPhone-у көрдөрбүт - Бикипиэдьийэ

09:01, 09 января 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

  •  Ииндийэ — Дойду таһыгар олорор индиецтэр күннэрэ
  •  Панаама — Өлбүттэри кэриэстир күн (исп. Día de los Mártires), 1964 сыллаахха АХШ сэриилэрин утары буолбут устудьуоннар долгуйууларын кэмигэр полиция демонстрааннары ытыалаабыта.
  •  Серб Өрөспүүбүлүкэтэ — Өрөспүүбүлүкэ күнэ. 1992 сыллаахха Босния уонна Герцеговина сербтэрин конституционнай ассамблеята сербтэр олорор сирдэрин туспа өрөспүүбүлүкэ оҥорор туһунан декларация ылыммыт күнүн бэлиэтииллэр. Бу бырааһынньыгы Босния уонна Герцеговина суута 2015 сыллаахха Конституцияҕа сөп түбэспэт диэн билиммитэ, ол эрээри автономиялаах өрөспүүбүлүкэ син биир киэҥник бэлиэтиир.

Түбэлтэлэр

Төрөөбүттэр

  • 1908 — Симона де Бовуар — Франция суруйааччыта, бөлүһүөгэ, феминизм идеологиятын төрүттээччитэ.
  • 1909 — Юрий Шафер — Дьокуускайдааҕы Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун төрүттээбит физика-математика билимин дуоктара, ССРС билимҥэ уонна техникаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кытыылааҕа.
  • 1939 — Иван Романов — Саха сирин устуоруйатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА