Бэлиэ күннэр
- Саҥа Дьыл иккис күнэ (Арассыыйаҕа, Казахстааҥҥа, Хотугу Македонияҕа, Науруга, Черногорияҕа, Саҥа Зеландияҕа, Румынияҕа, Словенияҕа, Швейцарияҕа, Украинаҕа өрөбүл)
- Билим фантастикатын күнэ
Түбэлтэлэр
- 1703 — Арассыыйа бастакы бэчээттэнэр хаһыата «Ведомости» күн сирин көрбүт (халандаар урукку ааҕыллыытынан).
- 1905 — Арассыыйа—Дьоппуон сэриитин кэмигэр Порт-Артур көмүскээһинэ түмүктэммит. Кириэппэһи комендант генерал Анатолий Стессель дьоппуоннарга биэрбит.
- 1947 — Сахалин уобалаһа тэриллибит. Саҥа уобалас сорҕото дьоппуоннартан төннөрүллүбүтэ, онтон сорҕото Хабаровскай кыраайтан таһаарыллыбыта.
- 1992 — Арассыыйаҕа табаар сыаната босхо ыытыллыбыт (либерализация цен). Бу экэниэмикэ радикальнай реформатын саҕаланыыта буолар.
- 2020 — Нидерланды «Голландия» диэн аат официальнай туттуллуутун тохтоппут.
Төрөөбүттэр
- 1920 — Айзек Азимов — Америка фантаст суруйааччыта, билим популяризатора.
- 1930 — Владимир Михайлов — Саха АССР хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Аҕа дойдуга өҥөлөрүн иһин» II истиэпэннээх уордьан, «Хотугу сулус» уордьан кавалердара.
- 1937 — Вадим Кривошапкин — Арассыыйа билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, медицина билимин дуоктара, ХИФУ профессора.
- 1946 — Михаил Готовцев — «Удьуор» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, Үлэ Дьоруойа (2014), Үлэ Албан аатын уордьанын толору кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2013), Уус-Алдан улууһун ытык киһитэ.
- 1952 — Анна Варламова-Матвеева — Айысхаана — суруйааччы, 2000—2018 сылларга “Чолбон” уус-уран литературнай, общественнай-политическай сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ.
- 1960 — Ариадна Борисова — суруйааччы, тылбаасчыт, СӨ култууратын туйгуна.
Өлбүттэр
- 1994 — Леонид Ким — Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, уопсастыбаннай диэйэтэл, педагог.