СВО кыттыылааҕын түөрт тыһыынчаттан тахса оҕото Саха сиригэр судаарыстыбаттан өйөбүл ылла

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

СВО кыттыылааҕын 4132 оҕото Саха сиригэр судаарыстыбаттан өйөбүл ылла. Ол туһунан брифиҥҥэ үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова эттэ.

Салайааччы эппитинэн, дьыссаакка төлөбүртэн 1152 оҕо босхолонно, оскуолаларга босхо аһынан 1170 үөрэнээччи хааччылынна. 6,6 — 18 саастаахтарга доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр лааҕырдарга сынньаналларыгар путевка биэриитигэр 1352 быһаарыы ылылынна.

Устудьуоннарга сыаллаах миэстэҕэ үөрэтээһиҥҥэ дуогабардар түһэрсиллэллэр, истипиэндьийэ олохтонор.

Өйөбүл ылыыга МФЦ эбэтэр e-yakutia.ru порталга сайабылыаньа хаалларыллар.

This post was published on 15.03.2023 17:01 17:01