Дьокуускай куоракка үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын «Быыстапка-дьаарбаҥка 2019» буолла. Манна Сунтаар улууһун оҥорон таһаарааччыларын бородууксуйалара кыайда.
Саха сирин киин куоратыгар буолбут «Быыстапка-дьаарбаҥка-2019» тэрээһиҥҥэ бэрт элбэх улуустан кэлбиттэр.
Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр биир бастыҥ тэрээһинигэр Сунтаар улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Тихонов Иван Викторович салайааччылаах дэлэгээссийэ ситиһиилээхтик кытынна. Сунтаардар аҕалбыт астарын-үөллэрин үрдүктүк сыаналаатылар.
«Дойдубутуттан тиэйэн аҕалбыт бородууксуйабытын көрүү-истии кэнниттэн, саамай амтаннааҕынан, көрүҥэ тупсаҕайынан биһигини ааттаатылар. Онон Сунтаар улууһун аһа-үөлэ муҥутуур кыайыылаах буоларын ситистибит«, — дииллэр кыттаччылар.
Ааптар: Иван ЧАГДИНСКАЙ,Сунтаар улууһа, «Сунтаар сонуннара» хаһыат.