Хой♈️
Төһөнөн эрдэ дьыалаларгын оҥоруоҥ – соччонон үчүгэй. Бүгүн хас да боппуруоһу тэҥинэн быһаарыаҥ.
Оҕус♉️
Күүппэтэх өттүгүттэн сонуннар кэлиэхтэрэ. Онтон сылтаан былааныҥ уларыйыа. Интэриэһинэй тэрээһиннэргэ сылдьыаҥ, биир санаалаах дьону кытта кэпсэтиэҥ.
Игирэлэр♊️
Бүгүн элбэх түбүгү көрсүөҥ. Суһал боппуруостары быһаарыаҥ. Эн ситиһиилэриҥ таах хаалыахтара суоҕа.
Араак♋️
Бүгүн ураты быһаарыныылары ылынар күнүҥ. Ис туруккун иһиллээ.
Хахай♌️
Элбэх туһалааҕы оҥоруоҥ, онтуҥ үгүс күүһү эрэйбэт. Бүгүн эйиэхэ барыта табыллыаҕа.
Кыыс♍️
Туора дьон көмөтүттэн аккаастаныма. Кинилэр көмөлөрүнэн ситиһии түргэнник кэлиэҕэ. Дьыалабыай сибээстэри бөҕөргөтөр күн.
Ыйааһын♎️
Бүгүн холку буоларга ыарахан күн, тыҥааһыннаах түгэннэр күүтэллэр.
Скорпион♏️
Бүгүҥҥү күн элбэх киириилээх-тахсыылаах, интэриэһинэй буолуоҕа. Эн көмөҕүнэн дьиэ кэргэниҥ кыһалҕата быһаарыллыаҕа. Күн иккис аҥаарын тапталлааххын кытта атаар.
Охчут♐️
Бүгүн элбэҕи быһаараргар үгүс болҕомто наада. Ол эрээри эн барытын кыайыаҥ. Дьон сүбэтин истэ сатаама. Оччоҕо үчүгэй түмүккэ тиийиэҥ.
Чубуку♑️
Бу күн наадалаах кэпсэтиилэр буолуохтара. Элбэх киһи санаатын истиэҥ, үчүгэй сүбэлэри ылыаҥ. Киэһээ доҕотторгун кытта көрсөргүттэн аккаастаныма.
Күрүлгэн♒️
Туһалаах көрсүһүүлэри ыытарга табыгастаах күн. Бииргэ үлэлэһии туһунан этиилэр киириэхтэрэ.
Балыктар♓️
Кыра аайы ньиэрбинэйдээмэ. Бүгүн бытархай куһаҕан быһыылар, дьон сэмэтэ настарыанньаҕын буортулуохтара. Онон бэйэҕин тугунан эмэ үөрдэргэ кыһалын.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.