Хой♈️
Буола турары атын хараххынан көр. Ханна эрэ баран аралдьый.
Оҕус♉️
Бэйэҥ күүскүн дьиҥ наадалаах дьыалаҕа харыстаа. Олоҕуҥ аҥаарыгар күүппэтэх өттүттэн үтүө киэһэни бэлэхтээ.
Игирэлэр♊️
Туора дьон санаатын истимэ, санаабыккын олоххо киллэр.
Араак♋️
Куттаммыккын киэр быраҕан, инниҥ хоту хардыылаа.
Хахай♌️
Санаабыккын олоххо киллэрэри саҕалаа.
Кыыс♍️
Бэйэҕин өйдөөн көр. Ким да болҕомтотун уурбатаҕын эн өйдөөн көрөргөр кыахтар үөскүөхтэрэ.
Ыйааһын♎️
Таһымҥын намтатыма. Доруобуйаҕын көрүн, иммунитетыҥ мөлтөөрү гыммыт.
Скорпион♏️
Ааспыт сүтэрбит кэмнэргин аһыйыма, өссө да барыта иннигэр.
Охчут♐️
Саҥа саҕалааһыннарга аһаҕас буол, куттанан бүт.
Чубуку♑️
Долгутар боппуруоскун аһаҕастык кэпсэт.
Күрүлгэн♒️
Бүгүн ыра санааҕын оҥорон көр, онтон сынньаммыт курдук сананыаҥ. Сүгэһэргин бырах, көҥүллүк тыын.
Балыктар♓️
Кыра аайы долгуйума, чугас дьонуҥ таһыгар буол, кинилэргэ сүбэтэ-амата биэрэн көмөлөс.
Аһаҕас источниктартан ылылынна.