Элбэх оҕолоох ыалы уонна соҕотох олорор дьону кытта 2013 сылтан бэттэх 4 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэрсиллибит. Ити түмүгэр ыал да, соҕотох да дьон олох ыарахаттарын этэҥҥэ туорууллар. Маныаха бэриллэр үп орто кээмэйэ 111-тэн 134 тыһ.солк. диэри халбаҥныыр.
«Бу сыл саҕаланыаҕыттан 430 социальнай хантараагы түһэристибит. Итинтэн баһыйар үксэ тыа сиригэр олохтоох дьону кытта. Судаарыстыба маннык көдьүүстээх өйөбүлүнэн элбэх оҕолоохтор, соҕотох дьон 93% олох ыарахаттарын туоратыахтарын сөп», — диэн суруналыыстарга Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Дружинин эттэ.
Бүгүн, ыам ыйын 12 күнүгэр элбэх оҕолоох ыалга, соҕотох хаалбыт дьоҥҥо социальнай хантараакка олоҕуран судаарыстыбаттан социальнай көмөнү оҥоруу балаһыанньатын миниистирдэр кабинеттара бигэргэттэ. 2017 сылга маныаха судаарыстыба бырагырааматын чэрчитинэн 168,9 мөл.солк. көрүллэр.
2013-2015 сылларга уопсайа 2066 хантараак түһэрсиллибит: 716 — кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ, 597 — индивидуальнай үлэни тэринэргэ, 596 – олорор дьиэни, о.д.а. хаһаайыстыба тутууларын өрөмүөннүүргэ, 157 – оҕолору иитиигэ-аһатыыга көмө быһыытынан оҥоһуллубут.
Ону таһынан 1995 хантараагы соҕотох олорор дьону кытта түһэрсибиттэр. Итинтэн 1873 – тыа сирин олохтоохторо, сүөһүнү, сылгыны, түргэнник ситэр кыылы иитиигэ анаан 507 хантараак түһэрсиллибит, тиэхиньикэни атыылаһыыга– 236, теплица хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга – 70, тус үлэни тэриниигэ – 1 182.