Соҕотох кырдьаҕастары иитиэх ыалга олохтууллар

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн 220-тэн тахса соҕотох кырдьаҕаһы иитиэх ыалга олохтообуттар. Бу туһунан ТАСС үлэ министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.


«Олунньу саҥатыгар Саха сиригэр 220 иитиэх ыал баара биллэр. Итилэргэ 222 кырдьаҕас олохсуйбут. Иитиэх дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэ 29 оройуонугар тэриллибиттэр. Быйылгы сылга ити ахсааны 250 тиэрдэр сорук турар, — ди’эн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Иитиэх дьиэ кэргэн кырдьаҕаһы баҕа өттүнэн, дуогабар быһыытынан ылан көрөллөр. Кинилэргэ ыйга 21 426 солкуобай көмө харчы көрүллэр.

This post was published on 24.02.2021 16:02 16:02