Саха сириттэн 1 300 киһи бу саас байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыаҕа

Саха сиригэр байыаннай сулууспаҕа сааскы хомуурга 1300 эдэр киһи ыҥырыллара былааннанар, СИА-ҕа ЦУР эттэ.


ЦУР соцситимнэргэ Саха сирин олохтоохторо армияҕа ыҥырыы туһунан сонуннары интэриэһиргииллэрэ улааппытын бэлиэтээтэ. Сүрүн ыйытыынан ыҥырыы киэбэ былырыыҥҥы пандемия кэминээҕиттэн уларыйар дуу суох дуу диэн. Хас киһи быйыл ыҥырыллыан сөбүй? ЦУР өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай кэмитиэккэ бу ыйытыыларга эппиэти туоһуласта.
«Былаан былырыыҥҥы курдук — 1 300 кэриҥэ киһи. Хомуур пуунугар кэлиэхтэрин иннинэ анаалыс туттараллар. Лабораториялаах улуустартан анаалыстарын түмүгүн туппутунан кэлэллэр. Өскөтүн улуустарыгар лабораториялара суох буоллаҕына, медхамыыһыйаны ааһар кэмнэригэр Дьокуускайга тест туттараллар», — диэтэ бэлэмнэнии уонна ыҥырыы отделын начаалынньыга, майор Вадим Чикильдин.
Ыҥырыы муус устар 1 күнүттэн — от ыйын 15 чыыһылатыгар диэри ыытыллар. Россия үрдүнэн барыта 134 тыһыынча киһи ыҥырыллара былааннанар.
Саха сиригэр былырыын саас 1 285 киһи байыаннай дьаһалга хабыллыбыта.

This post was published on 07.04.2021 18:01 18:01