Саха сирин олохтооҕо нэһилиэстибэттэн сылтаан убайын өлөрдө

Алдан оройуонугар эр киһи нэһилиэстибэттэн сылтаан убайын өтүйэнэн өлөрбүт. Буруйун кини толору билиммит диэн өрөспүүбүлүкэ силиэстийэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

2022 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр икки бырааттыылар арыгылаабыттар. Аһлык кэмигэр иирсээн тахсыбыт, төрүөтүнэн төрөппүт баайын-дуолун туһугар мөккүөр буолбут. Силиэстийэлээччилэр туруорсууларынан, уорбаланааччы өтүйэ ылан, 40 саастаах убайын төбөтүгэр охсууну оҥорбут. Ыарахан эчэйиини ылбыт киһи миэстэтигэр өлбүт.

Билигин уорбаланааччы быстах олорор изоляторыгар сытар. Сотору кэминэн буруйдааҕы уопсастыбаттан тэйитэр миэрэни ылыахтара. Бу киһи буруйун толору билинэн, быһылаан хайдах тахсыбытын  силиэстийэлээччилэргэ кэпсээтэ.

Силиэстийэ бара турар.

This post was published on 01.07.2022 16:01 16:01