Саха сирин кэккэ улуустарыгар көннөрү эбэтэр этиҥнээх ардах түһүөҕэ

Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр, Өлөөн, Мииринэй, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар көннөрү эбэтэр этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥ кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ.

Субуотаҕа быстах ардах уонна этиҥнээх ардах хоту уонна хотугулуу-илиҥҥи оройуоннарга түһүөҕэ, өрөбүлгэ  сорох сиринэн быстах ардахтыа.

Киин оройуоннарга салгын температурата от ыйын 30 күнүгэр +30 °С, хоту, хотугулуу- илин +20 °с, муора кытылыгар +11 °+16 ° с буолуоҕа.

Дьокуускайга салгын бүгүн +33, +35 °С кыраадыска диэри сылыйыаҕа, сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт.

This post was published on 29.07.2022 11:03 11:03