Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар күүстээх тыал уонна хаар түһэрэ күүтүллэр

Алтынньы 24 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ кэккэ оройуоннарыгар күн-дьыл туруга сүрүннээн хаардаах уонна тыаллаах буоларын туһунан Саха УГМС сэрэтэр.

Бэнидиэнньиккэ арҕааҥы, соҕуруулуу-арҕаа оройуоннарга инчэҕэй хаар, хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ аллараа өттүгэр күүстээх хаар түһэрэ күүтүллэр.

Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Эдьигээн, күнүһүн Горнай, Хаҥалас улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-17 миэтирэҕэ тиийэр тыалырыаҕа, оттон Миирнэйгэ уонна Кэбээйигэ тыал сөкүүндэҕэ 20-22 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрүөҕэ.

Дьокуускайга түүн кыратык хаардыаҕа. Күнүһүн эмиэ хаардыаҕа уонна тыал түргэнэ сөкүүндэҕэ 8-13 миэтэрэҕэ тиийэрэ күүтүллэр. Түүнүн салгын баттааһына -5, -7 кыраадыска тиийэ түһүөҕэ, күнүс 0, -2.

This post was published on 24.10.2022 09:03 09:03