Саха сирин эбэлэригэр мууһу чарааһатар үлэлэр ыытыллаллар

Бу күннэргэ Саха сирин өрүстэригэр сааскы халаан уута ааһарыгар бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Муус устар 20 күнүнээҕи туругунан, 29 км эрбэннэ, 315,79 га хараардылынна.


Саха сирин эбэлэригэр былаан быһыытынан барыта 41 км муус эрбэниэхтээх, 486,187 га хараардыллыахтаах.

Экология министиэристибэтэ Алдан, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэргэ мууһу чарааһырдыыга ылсар. 31 муус хаайтарар кутталлаах учаастагар 212,8 га сиринэн муус этэҥҥэ устарыгар бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ барыта 202,8 га оҥоһулунна.

This post was published on 20.04.2020 15:04 15:04