Саха судаарыстыбаннай университет мединститутугар стоматология отделениета 1996 сыллаахха аһыллыбыта. Отделение аһыллыытын университет Учуонай сэбиэтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээбиттэрэ. Билигин улуустар тиис быраастарынан хааччыллыылара тупсар.
1996 сыллаахха арыллыбыт стоматология отделениетыгар 25 оҕо үөрэххэ киирэн, 2001 сыллаахха «бастакылар» диэн ааттанан, институт устуоруйатыгар киирбиттэрэ. Эһиил отделение аһыллыбыта үйэ чиэппэрин бэлиэтиэхтэрэ. Оттон 2020 сылга Саха сиригэр стоматология сулууспата тэриллибитэ 100 сыла туолуоҕа. Үйэ чиэппэрин усталаах-туоратыгар ылыллыбыт кирбиилэр, ситиһиилэр уонна кыһалҕалар тустарынан билсээри, стоматология кафедратын сэбиэдиссэйэ Иннокентий Дмитриевич Ушницкайы кытары кэпсэттим.
УЛУУСТАРГА СТОМАТОЛОГ-БЫРААСТАР БААР БУОЛЛУЛАР
— Бу сыллар тухары биһиги мединституппут 430 стоматолог-бырааһы бэлэмнээн таһаарда. Бүтэрбит ыччаттарбыт үгүстэрэ Саха сиригэр, сорохтор Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр, Сахалинтан Калининградка тиийэ, үлэлии сылдьаллар. США-ҕа Калифорния штатыгар уонна Германия Кельн куоратыгар стоматологынан үлэлиир кыргыттардаахпыт. Саха сиригэр стоматологтары бэйэбитигэр бэлэмниир отделение аһыллыбыта олус наадалаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги тыйыс тымныылаах, уустук усулуобуйаҕа олоробут. Тиис ыарыыларыгар көрдөрүүбүт олус мөлтөх — 80-100 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэн, Саха сиригэр хас биирдии киһи тииһигэр патологиялар (хастыы даҕаны) бааллар. 1990-с сылларга элбэх улууска стоматолог-быраас суоҕа. Куораттан анал биригээдэ тиийдэҕинэ, нэһилиэнньэ ыалдьар тииһин туурдарар эрэ этэ, тиис атын ыарыыларын эмтэнэр улахан кыаҕа суоҕа. Билигин балаһыанньа тубуста. Өрөспүүбүлүкэ улуустарын бары балыыһалара (Муома, Эдьигээн, Анаабыр улуустартан ураты) стоматолог-быраастаахтар, анал кэбиниэттээхтэр. Онон, нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах өҥөнү оҥороллор.
БИГЭ БЫҺААРЫНЫЫЛААХ УСТУДЬУОННАР ҮӨРЭНЭЛЛЭР
— Билигин отделениебытыгар 130-тан тахса устудьуоннаахпыт. Кэнники сылларга элбэх омук дойдутуттан, сүрүннээн, Египеттэн уонна чугастааҕы тас дойдулартан элбэх ыччат үөрэнэр. Атастаһыынан буолбакка, бэйэлэрэ баҕа өттүлэринэн кэлэллэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтиттэн бөлөҕүнэн үөрэнэ кэлиэхтээхтэр. Инньэ гынан, икки тылынан үөрэтэр буолуохпут, штаппыт эбиллэн биэриэ. Устудьуоннарбыт үөрэнэр кыһаларыттан саҕалаан, Уһук Илиҥҥи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга кытталлар. Кэнники сылларга хас да оҕобут бастакы миэстэни ылбытынан киэн туттабыт. 2017 сыллаахха Айтал Степанов Арассыыйа олимпиадатыгар уонна 2019 сыллаахха Диана Аммосова “Я профессионал” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаларга бастакы миэстэни ылбыттара. Үгүстэр устудьуоннуур кэмнэригэр науканан дьарыктаналлар, бэһис кууруска научнай үлэлэринэн дакылаат оҥороллор. Кинилэр үлэлэринэн ыстатыйалар хомуурунньуктарын таһаарабыт. Бу барыта салгыы ординатураҕа туттарсалларыгар тирэх буолар. Холобур, икки сыллааҕыта биир устудьуоммут бэчээттэммит үлэтэ элбэх буолан, Питергэ ординатураҕа төлөбүрэ суох киирэн, бары да үөрбүппүт. Дьиҥэр, онно киирии төлөбүрдээх. Билигин бүтэрэн, ортопед-бырааһынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Биһиэхэ стоматолог идэтин ыларга бигэтик быһаарыммыт, чахчы баҕалаах ыччаттар үөрэнэллэриттэн үөрэбит. Үөрэнэр сылларыгар ким туохха талааннааҕын көрөн, идэҕэ хайысхалаан биэрэбит. Ким хирургияҕа, ким ортопедияҕа уо.д.а баралларын 5 кууруска быһаарыналлар.
УЧУОНАЙДАР БЭЙЭБИТИГЭР ИИТИЛЛЭН ТАХСАЛЛАР
— 2005 сыллаахха ординатура уонна аспирантура аһыллыбыттара. Быраастары диплом кэнниттэн үөрэтэр факультет үлэлиирэ олус туһалаах. Быраастарбыт соҕуруу куораттарга бара сатаабакка, бэйэбитигэр салгыы үөрэнэллэр. Аспирантура аһыллыаҕыттан, 8 эдэр киһи кандидатскай диссертацияны көмүскээтэ. Быйыл бэйэбит преподавателларбыт 1 докторскай уонна 2 кандидатскай үлэлэри көмүскүөхтээхтэр. Көстөрүн курдук, үрдүк таһымнаах учуонайдары бэйэбитигэр бэлэмниибит. Стоматология отделениетыгар преподавателинэн олохтоох дьоммут үлэлииллэр. Ол эрээри, олох-дьаһах уларыйан, 2014 сылтан үлэһиттэри сарбыйыы кыралаан барар. Урут икки кафедралаах, 24 преподавателлаах этибит. Штаппыт 5,75 диэри түһэ сылдьыбыта, билигин 7,8 буоллубут, кыралаан эбиллии баар.
ТЫА УОННА КУОРАТ БЫРААҺА
— Биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрээччилэр “уопсай быраактыка стоматологтара” диэн идэни ылаллар. Билиҥҥи ирдэбилинэн, бүтэрбиттэрин кэннэ исписэлииһи бастакы сүһүөх аккредитациялааһыҥҥа ыытабыт. Ол кэнниттэн кинилэр тута үлэлии эбэтэр салгыы ординатураҕа үөрэнэ бараллар. Быһааран эттэххэ, урут биир сыллаах интернатураҕа үөрэнэн эрэ баран, үлэлиэхтээхтэрэ. Улууска барбыт ыччаттарбыт уопсай быраактыка стоматологтарынан үлэлииллэр. “Улууска барбыттар салгыы сайдыбакка хаалаллара буолуо” диэн олох сыыһа өйдөбүл. Тоҕо диэтэххэ, тиһигин быспакка үөрэнии ирдэбилэ баар. 2016 сылтан киллэриллибит ирдэбилинэн, хас биирдии стоматолог-быраас сылга — 50, биэс сылга 250 баалы ылыахтаах. Эһиилгиттэн ыла 250 бааллаахтар аккредитацияны барыахтаахтар. Итинэн да сибээстээн, тыа сиригэр үлэлиир биһиги биир идэлээхтэрбит билии, түөрүйэ өттүнэн куоракка хаалбыт биир идэлээхтэриттэн хаалсыбаттар, тэҥ таһымҥа сылдьаллар. Арай, материальнай бааза өттүнэн уратылааҕа өйдөнөр. Тыа сирин бырааһа үлэтэ ордук элбэх: оҕолору, улахан дьону, кырдьаҕастары тэҥинэн көрөр.
ААН ДОЙДУ ТАҺЫМЫГАР ЭППИЭТТИИР
Иннокентий Ушницкай сүрүн үлэтин сэргэ — СӨ стоматологтарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ. Дьокуускай куорат стоматологияҕа поликлиникалара, стоматология кафедрата уонна ассоциация бары көмөлөөн, быраастарга маастар-кылаастары, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэри уо.д.а. дьаһаллары ыыталлар. Онно Арассыыйаттан стоматология хайысхатыгар биллэр учуонайдары, исписэлиистэри ыҥыраллар. Урут өссө тас дойдулартан эмиэ кэлэн кыттар буоллахтарына, билигин үп-харчы кырыымчык буолан, ол биллэ аҕыйаата. Ол гынан баран, омук дойдуларын учуонайдарын кытары бииргэ үлэлээһин, сибээс салҕанар. Иннокентий Ушницкай Саха сирин стоматолог-быраастарын билиилэрэ-көрүүлэрэ, үлэҕэ үөрүйэхтэрэ аан дойду таһымыттан хаалсыбат диэн бигэтик этэр. Ону туоһуулуур элбэх түгэнтэн бииргэ эрэ тохтоотоххо¸быйыл төрдүс сылын ыытыллыбыт тииһи чөлүгэр түһэриигэ маастарыстыба чөмпүйэнээтигэр бастыҥтан бастыҥнар кыттан ылбыт ситиһиилэрин холобурдуохха сөп.
ҮӨРЭХХЭ ТУТТАРСААЧЧЫЛАРГА ТЭТТИК СҮБЭЛЭР
— Стоматология отделениетыгар үөрэххэ киирэргэ куонкурустаах, биир миэстэҕэ уонча эбэтэр уонтан тахсалыы киһи буолар. БКЭ-ҕэ үчүгэйдик бэлэмнэниҥ, нуучча тылыгар, биологияҕа, химияҕа үрдүк бааллары ыла сатааҥ. Эксээмэннэри үчүгэйдик туттарбыт оҕолор үөрэхтэригэр эмиэ ситиһиилээхтик үөрэнэллэрэ көстөр. Нуучча тылын дириҥник билии эмчит буолар киһиэхэ улахан суолталаах. Быраас тиһигин быспакка сайдара, билиитин кэҥэтэрэ ирдэниллэр. Докумуоннары оҥорорго, тус санааҕын аһаҕастык этэ үөрэнэргэ тылы чиҥник билии туһаттан атыны аҕалбат. Инникитин үлэлиир кэлэктиипкэр санааҕын сатаан тириэрдии, ыксаллаах балаһыанньаларга сөптөөх быһаарыыны ылыныы, дьүүллэһии, эмтэнээччигэ көмөлөһүү — бу барыта үрүҥ халааттаах аанньал идэтин талбыт киһиэхэ турар ирдэбиллэр. Уопсайынан, стоматолог-быраас – бөлүһүөк, архитектор, худуоһунньук, уйулҕа үөрэхтээҕэ уонна үрүҥ халааттаах аанньал. Бу хаачыстыбалар бары киниэхэ баар буолуохтаахтар.
“АЙАХ ИҺЭ – КИҺИ ДОРУОБУЙАТЫН СИЭРКИЛЭТЭ”
Иннокентий Ушницкай:
— Тиис туругуттан киһи доруобуйата быһаччы тутулуктаах. Киһи тиистэрэ итэҕэс эбэтэр алдьаммыт буоллахтарына, куртах ыарыыта элбиир. Куртах ыарыыта улааттаҕына, иҥэмтэлээх бэсэстибэ ситэри киирбэт. Онтон сылтаан, араас ыарыы үөскүүр. Ол иһин, биһиги, стоматологтар “Айах иһэ – киһи доруобуйатын сиэркилэтэ” диэн кынаттаах тыллаахпыт. Стоматолог-быраастар киһи тииһин эмтии олорон, эмтэнэр киһитэ туох ыарыылааҕын быһаарар кыахтаахтар. “Куртаҕыҥ ыалдьар” эбэтэр “Быарыҥ уларыйыылаах” диэн таайтаран эттэххэ: “Эһиги, тиис быраастара, ону хантан билэҕит?” – диэн соһуйааччылар. Дьиҥэр, барыта айаҕыҥ иһигэр көстө сылдьар.
Айах иһинээҕи ыарыылар киһи доруобуйатын мөлтөтөллөр. Тиис ыарыыларын биир сүрүн төрүөтүнэн тус гигиена буолар. Кэнники бириэмэҕэ араас полуфабрикаты, минньигэс астары элбэҕи сиибит. Бу астар кариес сайдарыгар тириэрдэллэр, төһөнөн элбэх минньигэһи сиигин да, оччонон содуллаах. Минньигэһи сиэн баран, айаҕы сайҕана сылдьыҥ. Тиискэ киһи кыайан тиийбэт сирдэрэ элбэхтэр. Тииһи суунарга аҥаардас суокканы эрэ туттуу тутах. Билигин араас саптар (флоссы), ершиктэр, тииһи ыраастыыр палочкалар уо.д.а. тиис ыарыытыттан харыстыыр эбии сириэстибэлэр элбэхтэр.
Сылга кырата иккитэ тиис бырааһыгар көрдөрүнүҥ. Тоҕо диэтэххэ, киһи айаҕар аҕыйах ый иһигэр кариес, иһии, кытарыы, бааһырыы уо.д.а. баар буолуон сөп. Кэмигэр санация оҥоһуллуохтаах.
ЫСПЫРААПКА: Иннокентий Дмитриевич Ушницкай – стоматология кафедратын сэбиэдиссэйэ, мэдиссиинэ наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр, СӨ стоматологтарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ. 1989 сыллаахха Читатааҕы мэдиссиинискэй институт стоматологияҕа факультетын бүтэрбитэ; 4 сыл Нам улууһун Киин балыыһатыгар, Аппааны бөһүөлэгэр стоматолог-бырааһынан үлэлээбитэ; 1993 сыллаахха Архангельскайга аспирантураҕа киирбитэ; 1996 сыллаахха кандидатскай үлэтин көмүскээбитэ, бу сыл СГУ стоматологияҕа кафедратыгар үлэҕэ киирбитэ; 2001 сыллаахха Архангельскайга докторскай үлэтин көмүскээбитэ.