Саха сиригэр сүппүт Ан-2 сөмөлүөтү көрдөөһүн салҕанар

Саха сиригэр оптуорунньукка сүппүт Ан-2 сөмөлүөтү көрдөөһүн салҕанар, ТАСС-ка ЫБММ регионнааҕы сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Көрдөөһүн салҕанар», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ. Россия ЫБММ уонна «Полярные авиалинии» АХ сөмөлүөттэрэ көрдөөһүҥҥэ кытталлар.

Санатар эбит буоллахха, бэс ыйын 21 күнүгэр сарсыарда Үс Хатыҥ — Вертикальнай — Үс Хатыҥ хайысханан көппүт Ан-2 сөмөлүөт радартан сүппүтэ уонна тиийиэхтээх сиригэр биллибэтэҕэ.

Бортка, барыллаан дааннайынан, үс киһи баар: экипаж икки чилиэнэ уонна биир пассажир, маны сэргэ 1 туонна таһаҕас.

This post was published on 25.06.2022 13:01 13:01