Саха сиригэр күүстээх хаар уонна тыал түһүөҕэ

Синоптиктар Саха сирин оройуоннарыгар 20 миэтэрэҕэ тиийэр дохсун тыал түһэрин уонна күүскэ хаардыырын туһунан сэрэттилэр.

Алтынньы 20 күнүгэр, Алдан, Нерюнгри, Орто Халыма, Үөһээ Халыма оройуоннарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр. Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх тыалы сылыктыыллар.

Дьокуускайга чэппиэргэ кыратык хаардыаҕа, күнүс тыаллаах буолуоҕа. Түүнүн термометр остуолбата -5-7 кыраадыска тиийэ түһүөҕэ, күнүс -2-4.

This post was published on 20.10.2022 09:03 09:03