7 Ыам ыйа 07.05
  • $ 91,31
  • 98,47

Саха сирэ “Илин-2018” байыаннай үөрэххэ бэлэмнэнэр

18:39, 12 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин өрөспүүбүлүкэ муниципальнай оройуоннарын үлэһиттэрин мобилизациялыыр үөрэтэр-методическай хомуурга тыл эттэ. Премьер Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыыга судаарыстыбаннай кэмитиэт үлэһиттэрин ахсаанын сирдээҕи-уоттааҕы оборонаны уонна гражданскай оборона блогун тэрийиигэ анаан элбэппиттэрин туһунан эттэ уонна “Илин-2018” байыаннай үөрэх иннинэ икки улахан эрчиллии ыытылларын туһунан сэрэттэ.

“РФ бэрэсидьиэнин өйөбүлүнэн былааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Илин-2018” Оборона министиэристибэтэ ыытар хамаандалыыр-штабной үөрэҕэр бэлэмнэниигэ сүрүн болҕомто ууруллуохтаах”, — диэтэ премьер-миниистир. Бу үөрэх иннинэ икки улахан эрчиллии ыытылларын туһунан эттэ. Онон сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ муниципальнай оройуоннарын мобилизациялыыр үлэһиттэрин бары ирдэнэр дохумуоннар баар буолууларыгар болҕомтолорун ууралларыгар, ону тэҥэ бары ыытыллар тэрээһиннэри сүрүннүүллэригэр ыҥырда.

СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА