Бүгүн хирург-онкологтар саҥа эндовидеоскопическай компексы туттан, бастакы эпэрээссийэни бүөр рагар оҥордулар. Онкодиспансер оборудованиены «Искэн ыарыытын кытта охсуһуу» регионнааҕы бырайыак чэрчитинэн «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан ылбыта.
Бүөргэ эпэрээссийэни оҥорууга анаммыт саҥа комплекс Онкодиспансерга соторутааҕыта туруоруллубута. Сотору кэминэн аны онкогинекология диспансера дьахтар ыарыыларын утары туттарга маннык тэрили ылыахтаах, диэн СИА-ҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Искэн ыарыыларын утары охсуһуу» регионнааҕы бырайыагынан Саха сирин Онкодиспансерыгар бу сылга 158 670 500,00 солк көрүллүбүт.
Торакальнай-абдоминальнай хирургия салаатын сэбиэдиссэйэ Владимир Лезнев: «Судаарыстыба өйөбүлүнэн, онкология сулууспата саҥа күүстээх медицинскэй оборудованиеларынан хааччыллан эрэр. Операционнай монитордарынан, норкуостуур-тыынар аппарааттарынан, өһүөҕэ ыйанар лаампаларынан, сэдэхтик көстөр радиочастотнай термоабляция аппаратынан уонна урологияҕа эндовидеоскопическай комплексынан хааччылынныбыт. Манна үлэлииргэ быраастар быыстала суох квалификацияларын үрдэтинэллэр. Национальнай бырайыакка олоҕуран, нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах медицина оҥоруута тириэрдиллэр».