Россияҕа эр киһи ахсаана эбиллэр

Росстат борогунуоһунан, Россия 300 тыһ эр киһинэн эбиллэр. Уол уонна эр киһи ахсаана хайдах эбиллэрин, 2021 сыл муус устардааҕы нэһилиэнньэ бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһиттэн билиэхпит, СИА-ҕа тустаах медиаофис иһитиннэрдэ. 


Росстат дааннайынан, 2020 сыл саҕаланыыта Россия нэһилиэнньэтэ 146,7 мөл киһиэхэ тэҥ, ол иһигэр 68,1 мөл — эр киһи уонна 78,6 мөл — дьахтар. 2031 сылга, борогунуоһунан, эр дьон ахсаана 69,9 мөл буолара күүтүллэр.

2020 сыл саҕаланыыта өскөтүн 1000 эр киһиэхэ 1154 дьахтар тиксэр эбит буоллаҕына, 2031 сылга — 1000 : 1125 тэҥнэнэрэ күүтүллэр. Бу аата эр киһи ахсаана эбиллэр уонна кинилэр олохторо уһуур.  

Холобурга историяны көрдөххө, Сэбиэскэй кэмҥэ 30-с сыллардааҕы сут уонна Аҕа дойду улуу сэриитэ эр дьон ахсааныгар сабыдыаллаабыта: 

  • Бастакы Бүтүн союзтааҕы биэрэпис, 1926 сыл — 44 мөл эр киһи; 
  • Бүтүн союзтааҕы биэрэпис, 1937 сыла — барыллаан 49,8 мөл (чып кистэлэҥҥэ тутуллара);
  • 1939 сыл — 51,1 мөл; 
  • 1959 сыл — 52,2 мөл; 
  • 1970 сыл — 59,1 мөл; 
  • 1979 сыл — 63,2 мөл; 
  • 1989 сыл — 68,7 мөл. 

2020 сыл саҕаланыытын дааннайдарынан Россияҕа эр киһи ахсаана эбиллиитигэр үчүгэй динамика көстөр. Бу 2021 сыл муус устарыгар чуолкай биллиэҕэ. 

Сиһилии https://ysia.ru/muzhchin-v-rossii-stanovitsya-bolshe/

This post was published on 09.11.2020 12:01 12:01