Роман Дмитриев кэриэһигэр турниры тэлэбиисэринэн быһа көрдөрүөхтэрэ

Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев кэриэһигэр VIII норуоттар ардыларынааҕы юниордарга тустууктар турнирдарын олохтоох тэлэбиисэр ханаалларынан быһа көрдөрүөхтэрэ. Бу туһунан «Спорт Якутии» суруйар.


Күрэхтэһии муус устар 30 — ыам ыйын 1 күннэригэр «Триумф» спорка бэлэмнэнии киинигэр ыытыллар. Саха сириттэн 28 бөҕөс кыттара былааннанар.

Турниры НКИХ «Саха», «Мамонт» ханаалларын нөҥүө сарсын, муус устар 30 күнүгэр 11.00 чаастан киэһэ 20.30 ч. диэри, ыам ыйын 1 күнүгэр 11.00 — 16.00 ч. көрдөрүөхтэрэ.

This post was published on 29.04.2021 17:01 17:01