РФ үөрэҕин министерствотыгар төрөппүттэртэн оскуола өрөмүөнүгэр харчы хомуйуллуо суохтаах диэн иһитиннэрдилэр. Миниистир Сергей Кравцов Россиятааҕы төрөппүт мунньаҕар ити үп барыта бюджеттарга көрүллэрин эттэ, диэн ТАСС суруйда.
«Төрөппүттэртэн оскуола өрөмүөнүгэр харчы хомуйуута суох буолуохтаах, бу холуобунай дьыала. Капитальнай өрөмүөн бырагыраамалара бюджеттан толору хааччылыннылар, регионнар бюджеттарын суотугар быстах өрөмүөннэр ыытыллаллар», — диэтэ Кравцов.
Кини этэринэн, биэс сыл иһигэр федеральнай үп суотугар 7300 оскуола уонна регионнааҕы бюджет суотугар 4000 кэриҥэ оскуола өрөмүөннэниэхтээх.