29 Муус устар 29.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Өрөбүллэргэ Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар -53 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөбүллэргэ Саха сирин үгүс оройуоннарыгар кыракый хаар, сорох сиринэн буурҕа түһэрэ күүтүллэр. Түүнүн регион илин өттүгэр термометр остуолбата -53 кыраадыска диэри түһүөҕэ. Бу өрөбүллэргэ күн-дьыл туругун туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрдэ.

Субуотаҕа, ахсынньы 3 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар кыралаан хаардыаҕа. 17-22 миэтэрэҕэ диэри дохсун тыал Усуйаана уонна Аллайыаха оройуоннарыгар түһүөҕэ, Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар буурҕа күүһэ сөкүүндэҕэ 25-30 миэтирэҕэ тиийиэҕэ. Киин оройуоннарга салгын температурата -40,-45 кыраадыс, илин -45,-53, арҕаа, соҕуруу -30,-35, хотугулуу- илин -25,-30, хотугулуу- арҕаа -18,-23. Күнүһүн -32,-37, илин -42, -47, соҕуруу, хотугулуу-илин -22, -27, арҕаа -15, -20, хотугулуу-арҕаа -10, -15 тэҥнэһиэҕэ.

Баскыһыанньаҕа, ахсынньы 4 күнүгэр,  арҕаа, хотугулуу-арҕаа, Арктика оройуоннарыгар эмиэ кыратык  хаардыаҕа сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэҕэ тиийэр тыалырыаҕа. Саха сирин киин өттүгэр түүнүн -30,-35 кыраадыс, сорох сиринэн -20,-25, хотугулуу- илин -37,-42, аллараа сытар сирдэргэ -48,-53. Күнүс киин оройуоннарга -23,-28, сорох сиринэн -17,-22, хотугулуу- илин -35,-40, намыһах сиргэ -43,-48.

Дьокуускайга субуотаҕа сөкүүндэҕэ 1-3 миэтэрэҕэ тиийэр уларыйа сылдьар тыаллаах буолуоҕа. Түүнүн температура -40,-42 кыраадыс, күнүһүн -34,-36.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА