«Полярные авиалинии» АХ экипаһа Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter-ы булбата

«Полярные авиалинии» АХ Ми-8МТВ салгын аала Өймөкөөҥҥө сүппүт Eurocopter бөртөлүөтү булбата. Бэҕэһээ киэһэ авиахампаанньа экипаһа көрдүүр сиртэн Дьокуускай куоракка төнүннэ.


СИА «Полярные авиалинии» АХ пресс-сулууспатын иһитиннэриитигэр олоҕуран Өймөкөөҥҥө сүппүт бөртөлүөт көстүбэтэҕин этэр.

Экипаж сүппүт көтөр аалы икки күн көрдөөтө — балаҕан ыйын 25 уонна 26 күннэригэр.

Эрдэ Ми-8МТВ балаҕан ыйын 18 — 20 күннэригэр эмиэ көрдөөһүҥҥэ кыттыбыта.

This post was published on 27.09.2019 10:34 10:34