Улуустарынан, куораттааҕы уокуруктарынан тэҥнээн көрдөххө, былааннаах отун чиэппэрин кэриҥин (24%) толорбут “Жатай” КУо (27,5 т оттоох) инники иһэр. Дьокуускай куорат 617, Уус Маайа улууһа 150, Хаҥалас улууһа 1604, Амма улууһа 1729 туонналыы оту кэбиһэн, 5 бырыһыаннаах кирбиини ыллылар. Ити ааттаммыт муниципальнай тэриллиилэр кыраапыгы тутуһан эбэтэр аһаран иһэллэр. Улахан былааннаах улуустартан Нам үс, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Таатта уонна Уус Алдан 2-лии, Чурапчы, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү биирдии бырыһыаннарын кээрэттилэр.
Былырыыҥҥы туһааннаах кэм көрдөрүүтүттэн Амма 1544, Үөһээ Бүлүү 638, Хаҥалас 529, Уус Алдан 409, Өлүөхүмэ 383, Дьокуускай 320, Кэбээйи 282, Нам 223, Таатта 199, Чурапчы 198 бырыһыанныынан элбэх оттоннулар. Ол эрээри, уоскуйарга эрдэ, былаан туолара – ыраах. Отонноотоххо оҥоойук туоларын курдук, оттоотоххо кыбыы даҕаны туолуо.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru