Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александр Иванов 70 сааһын бэлиэтээтэ

Бэҕэһээ, тохсунньу 10 күнүгэр тустууга Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александр Иванов 70 сааһын бэлиэтээтэ. Чулуу спортсмены Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.


«Бу үөрүүлээх күҥҥэ Александр Николаевичка килбиэннээх үлэтин, талаанын, кытаанах майгытын, идэтигэр бэриниитин, өрөспүүбүлүкэ спордугар кылаатын иһин барҕа махталбын тиэрдэбин. Киниэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу, ситиһиилэри баҕарабын», — диэтэ Айсен Николаев.

Александр Иванов ССРС хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера. Европа үрүҥ көмүс, Аан дойду Кубогын боруонса призера. 1976 сыллаахха Монреальга ыытыллыбыт Олимпиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспитэ.

This post was published on 11.01.2021 11:01 11:01