Өрөспүүбүлүкэҕэ долганнар Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, норуоттар ардыларынааҕы публичнай быраап магистра Ольга Тимофеева-Терешкина Украинаны неонацизмтан босхолоон, олохтоох норуоттар инникилэрин бэйэлэрэ, тастан дьайыыта суох, быһаарыналларыгар кыаҕы биэрэри эттэ.
«Биһиги аҕыс сыл устата Украинаҕа хас да мөлүйүөн киһи, нууччалар, бырааптара хааччахтанарын көрөн кэллибит. Күннээҕи олоххо бэйэлэрин тылларынан саҥараллара кытта бобуллар, култууралара уонна итэҕэллэрэ туоратыллар. Бу 21 үйэҕэ. Бу, саарбаҕа суох, геноцид», — диэтэ кини.
Ольга Тимофеева-Терешкина бэлиэтээбитинэн, кини юрист уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин быһыытынан РФ президенэ Владимир Путин анал эпэрээссийэ ыытар быһаарыы ылбытын биһириир.
«Украина демилитаризацията уонна денацификацията — бу аныгы, сөптөөх уонна бэрэбиэркэлэммит хардыы буолар. Украинаны неонацизмтан босхолуохха наада уонна олохтоохтор инникилэрин бэйэлэрэ быһааралларыгар кыаҕы биэриэххэ, тастан кыттыһыыта суох, манипуляцията суох», — диэтэ кини.