Окко былаан 59% туолла

Атырдьах ыйын 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 291 655 га оттуур ходуһа охсуллубут, 268 463 туонна от бэлэмнэммит. Ити былаан 59%-на. Ходуһаҕа 8213 звено, 28723 киһи үлэлиир.


Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, мобильнай биригээдэлэр 12 492 туонна оту бэлэмнээбиттэр. Ити былаантан 32%. Уопсайа кинилэр 39 тыһ. туонна оту бэлэмниэхтээхтэр. Өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн биригээдэлэр үлэлэригэр 34 мөл. солкуобай көрүллүбүт.

This post was published on 20.08.2021 11:02 11:02